Рабочая программа Саха тыла (2 класс)
Предмет: | Начальные классы |
---|---|
Категория материала: | Рабочие программы |
Автор: |
Ортоюкова Лира Мироновна
|
Үөрэх предметин өйдөбүлэ.
Төрөөбүт тыл — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи аймах ытык өйдөбуллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл — оҕоҕо тулалыыр эйгэтин кырадатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истинник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбугэтин уөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбут тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбул туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх, билинни усулуобуйа5а үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтии 1922 сыллаахтан тиһигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билинни да кэмнэ орто үөрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр.
Билигин төрөөбүт тыл, федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГУОС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээһин булгуччулаах чааһыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааһа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таһыма үрдээтэ. Алын сүһүөх оскуола таһымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быһыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быһыытынан, начаалынай үөрэхтээһин таһымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэҥ таһымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт сана булгуччулаах ирдэбили — үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.
Үөрэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуолаҕа төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһун уонна өйун-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.
Оҕо начаалынай оскуолаҕа үөрэнэр сааһыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбут тылы бу кэмҥэ кичэйэн үөрэтии — норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэһилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ олоҕуран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээһин алын сүһүөх таһымыгар үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха свп:
1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сордотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;
2) үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сордото буоларын туһунан өйдөбулгэ тирэҕирэн, саҥа (тыл) араас көрүнэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
3) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны инэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быһаардахха ситиһиллэр:
• дьону-сэргэни кытта бодоруһар саҥа (тыл) сүрүн көрүннэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини кытта бииргэ алтыһыннаран үөрэтии;
• тыл (саҥа) — бодоруһуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэҕирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэҕин сааһыгар сөп тубэһиннэрэн сайыннарыы;
• тыл үөрэҕин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр олоҕуран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуһарын, алҕаһа суох саҥарарын уонна суруйарын ситиһии;
• тыл үөрэҕин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туһунан уопсай өйдөбүлү иҥэриигэ тирэҕирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыы, сааһыгар сөп түбэһиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
• төрөөбүт тылы билии, харыстааһын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии. Саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэнээччи төрөөбүт тылга ылбыт билиитигэр,
иҥэриммит үөрүйэҕэр уонна сатабылыгар тирэҕирэн үөрэтии — билигин олохсуйбут өйдөбүл, бастыҥ учууталлар үгэскэ кубулуйбут үөрэтэр ньымалара. Онно тирэҕирэн, ФГУОС үөрэнэргэ үөрэтэр сүрүн балаһыанньатыгар уонна ирдэбилигэр олоҕуран, төрөөбут тылга тирэҕирэн нуучча тылын үөрэтиини саҥа таһымҥа таһаарар кэм кэллэ.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуолаҕа үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэҕэстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл үөрэҕин үгүс уопсай балаһыанньаларын хос эбэтэр уруттаан үөрэтэри лаппа аҕыйатан, учуутал үөрэх чааһын оҕо нууччалыы саҥатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын үөскэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии — төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.
Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ.
Саха тылын үөрэтии чааһа начаалынай үөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начального общего образования) бэриллэр төрөөбүт тылынан үөрэнэр кылаастарга аналлаах базиснай үөрэх былаанын 3 барыйааныгар тирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин бырагырааматын, былаанын оносторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Онно эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии үөрэтэрэ көҥүл.
Ити ыйыллар базиснай үөрэх былааныгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтии чаастарын ахсаана тэҥнэнэн, ордук государственнай статустаах төрөөбүт тыл үрдүк таһымҥа үөрэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ көстөр. Ону сэргэ төрөөбүт тылы үөрэтии нуучча тылын үөрэтиигэ тирэх буоларын ситиһэр туһуттан үөрэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаһыанньа үөскүүр.
Үөрэх федеральнай базиснай былаанын үһүс барыйааныгар олоҕуран, саха оскуолатын начаалынай кылаастарыгар төрөөбүт тылы уонна литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта холбоон нэдиэлэҕэ 21 чаас бэриллэр: 1 кылааска — 5 чаас, 2 кылааска — 5 чаас, 3 кылааска — 6 чаас, 4 кылааска — 5 чаас. Бу чаастартан төрөөбүт тылы үөрэтиигэ 1 кылааска — 3 чаас, 2 кылааска — 3 чаас, 3 кылааска — 3 чаас, 4 кылааска — 3 чаас бэриллэр.
Тип материала: | Документ Microsoft Word (docx) |
---|---|
Размер: | 102.44 Kb |
Количество скачиваний: | 183 |