Коза уутун туhата

Предмет: Начальные классы
Категория материала: Другие методич. материалы
Автор:
Үүт олус иҥэмтэлээх ас. Үүккэ олус элбэх минеральнай эттиктэр уонна битэмиин бары кѳрүҥэ баарын таһынан кини үрдүк биологическай хаачыстыбалааҕынан биллэр. Үүтү сааһыттан тутулуга суох нэһилиэнньэ бары араҥата иһэр, аска туттар, ордук ыарыыны утары туһаналлар. Үүт биһиги аһылыкпытыгар килиэп кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар. Тыа сиригэр хас биирдии ыал ынахтаах. Мин чинчийэр үлэбин «Биһиги бѳһүѳлэкпитигэр коза иитэр кэтэх хаһаайыстыба суох» -диэбитин истэммин саҕалаатым. Коза үүтэ киһи этигэр-хааныгар олус туһалаа5а биллэр. Биһиги дьиэ кэргэн коза ииттэбит, хаһаайыстыбабытыгар 7 козалаахпыт. Козаларбытын 2006 сыллаахха Горнай улууһуттан а5албыппыт. Дьааҥы улууһугар козаны элбэтиннэрэр сыалтан козаларбыт тѳрүѳхтэриттэн Сартаҥ, Боронук, Дулгалах нэһилиэктэригэр биэртэлээбиппит.          Үлэм актуальноһа: о5о аһылыгар үүт хайаан да наада, ону таһынан кини тугунан да солбуллубат ас. Үүт састаабынан о5о-аймахха саамай наадалаах ас буолар. Чинчийиилэр кѳрдѳрѳллѳрүнэн коза үүтэ ынах үүтүнээ5эр ордук иҥэмтэлээх, ол курдук кини куртахха түргэнник буһар, битэмиинин састааба быдан элбэх уонна коза үүтэ эмтиир свойстволаах буолан кырачааннарга солбуллубат ас буолуохтаах. Коза үүтэ олох энергиятын биэрэр. Кини эмтээх, үчүгэй амтаннаах мааны ас. Биһиги коза үүтүн туһатын туһунан билиэх тустаахпыт.         Чиничэйр улэм сыала: коза үүтүн хаачыстыбатын арыйыы, кини о5о эт-хаан ѳттүнэн сайдыытыгар оруола.         Бу үлэм сыалын толорорбор маннык соруктары туруоруннум: ü  Коза үүтүн састаабын үѳрэтии; ü  Коза үүтэ туохха туһалаа5ын быһаарыы; ü  Коза үүтэ о5о сайдыытыгар оруола; ü  Коза үүтүн туһатын билээри анкета ыытыы; ü  Туһааннаах литератураны үѳрэтии.          Чинчийэр үлэм объега: коза үүтэ, Бурнашевтар дьиэ кэргэттэрин кэтэх хаһаайыстыбата          Коза үүтүн сыаннай хаачыстыбатын арыйаары мин бастатан туран оскуола уонна бѳһүѳлэк библиотекатыгар сырыттым. Онтон коза уонна кини үүтүн туһунан элбэх информацияны ыллым.          Коза – уҥуоҕунан кыра, муостаах сүѳһүлэргэ киирсэр. Олус ыраас сүѳһү. Сайынын ходуһаттан эмтээх оттору булан сиир. Кинилэр туберкулеһунан уонна маститынан ыалдыбаттар, ол иһин үүтүн оргуппакка иһиэххэ соп. Коза үүтүгэр олус элбэх кальций уонна фосфор баар буолан, ийэ үүтүгэр майгынныыр, ол иһин о5о организма бу үүтү үчүгэйдик ылынар. Бу кырдьык сыаннай, эмтээх уонна үчүгэй амтаннаах ас буолар.
Тип материала: Документ Microsoft Word (docx)
Размер: 26.86 Kb
Количество скачиваний: 14
Просмотров: 109

Похожие материалы