«Остуол оонньуута» 2 кылааска дуобат программата
Предмет: | Начальные классы |
---|---|
Категория материала: | Рабочие программы |
Автор: |
Никифорова Антонина Андреевна
|
Быһаарыы сурук.
Билинни компьютеризация, информатизация үйэтигэр, араас сиэр-майгы өттүгэр түһүүлээх оонньуулар элбээннэр озолору олус умсугуталлар. Бэлэм информацияны ыла үөрэммит озо биир халыыбынан толкуйдуур, айар дьозура сыппыыр.
Озо өйүн-санаатын сайдыыта, хайдах үөрэнэрэ кини кыра эрдэзинэ хайдах иитиллибититтэн тутулуктаах.
Төрөппүт, учуутал озо 7-8 сааһыгар билэр-көрөр, толкуйдуур, истэр, болзойор, ыраналыыр, тэннээн көрөр, айар дьозурдарын уратыларын учуоттаан үлэни ыытыахтаах, күүскэ дьарыктаныахтаах.Озо бу сааһыгар өйүгэр инэриниитэ, онорон көрүүтэ, өйгө тутуута болзомтото, өйдүүр дьозура оонньуунан сайдар. Ону мүччү туппакка кинилэр холлоругар сөптөөх дуобат араас дьикти угаайыларын, албастарын көрдөрөн, сэнээрдэн дуобат оонньуутугар уһуйуохха, үөрэтиэххэ сөп. Онон бу ааттаммыт уустук сыал-сорук
туолуутугар, озо үөрэзи ылыныытыгар, киһи быһыытынан иитиллэн тахсыытыгар, иллэн кэмин туһалаахтык атаарарыгар дуобат куруһуога ыытыллара улахан туһалаах буолуо этэ.
Толкуйдуур дьозуру сайыннарар оонньуулар озо билэ-көрө сатыыр базатын, өйүн-санаатын, тулуурдаах, дьулуурдаах буолуутун көзүлүүллэр, тулалыыр эйгэзэ сатаан сылдьа, санаатын этэ, ылсыбыт үлэтин тиһэзэр тиэрдэ үөрэнэригэр көмөлөөхтөр.
Биллиилээх педагог Б.Б.Никитин: « Озону төһөнөн эрдэ өй оонньуутугар угуйазын да, кини соччонон сытыы, имигэс өйдөөх, билбитин сатаан олоххо туһанар, инникитин өтө көрөр кыахтаах дьиннээх үрдүк интеллектээх киһи буола улаатар»,- диэн эппитэ.
Ордук билинни сайдыылаах кэмнэ озону кыра сааһыттан олоххо бэлэмнииргэ, өйүн-санаатын, айар дьозурун сайыннарарга, атын дьонно болзомтолоох сыһыаны иитэргэ өй оонньуулара улахан суолталаахтар.
Ол иһин сэттэ азыс озо өйүн-санаатын уратытын учуоттаан, араас литератураны туһанан дуобат куруһуогун программатын онордум.
Программа сыала: озо толкуйдуур дьозурун таһымын туһанан дуобат дьикти оонньуутугар умсугутар усулуобуйаны тэрийии.
Соруктар:
1. Озо дуобат туһунан билиитин-көрүүтүн ханатыы
2. Куруһуок тумугэр озо толкуйдуур дьозурун сайыннарыы
3. Дуобат албастарыгар үөрэтии
4. Оонньуу быраабылатын сүрүн прициптэрин озолорго үөрэтэн чинэтии
5. Дуобат оонньуутун сөбүлээн оонньуулларын ситиһии
6. Табаарыстарыгар убаастабыллаах сыһыаны иитии
Төрөппуттэри кытта сибээстээхтик үлэлээһин
Программа 8-9 саастаах озолорго ананар
2. Кабинет санитарнай требованияза сөп бүбэһиэхтээх
3 . Миэбэллэр озолор үрдүктэринэн буолуохтаах
Туттуллар материал:
Программа биир сылга ананар.
Тип материала: | Документ Microsoft Word (docx) |
---|---|
Размер: | 21.43 Kb |
Количество скачиваний: | 25 |