Рабочая программа Саьар5а (2 класс)
Предмет: | Начальные классы |
---|---|
Категория материала: | Рабочие программы |
Автор: |
Ортоюкова Лира Мироновна
|
Литературнай ааҕыы.
Сүрүннүүр бырагыраама быһаарыы суругар үөрэх предметин туһунан өйдөбүл, үөрэх предметин ис хоһоонугар киирэр ытык өйдөбүллэр, үөрэх предметин үөрэтии түмүктэрэ, үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ ыйыллар, предмет ис хоһооно уонна тиэмэнэн аттарыллыыта, үөрэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыыга ыйыылар бэриллэллэр.
Быһаарыы сурук.
Уус-уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан aaҕap оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэһээҥҥитин ырыҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин анала — oҕoҕo aaҕap дьоҕуру олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.
Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин сыаллара:
• Ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; араас көрүҥүн сайыннарыы;
• Оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
• Уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы;
• Тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үөскэтии;
• Айар дьоҕуру сайыннарыы;
• Ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы үтүөөрүттэрин олохсутуу;
• Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:
• Ааҕыы араас ньыматын баһылааһын;
• Тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
• Наадалаах литератураны булан туһаныы;
• Ааҕыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
• Айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
• Норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
• Уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиһии;
• Төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доҕордуу сыһыаннарын олохсутуу.
Оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын төрүт сокуоннарыгар, Үөpэxтуһунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай үөрэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга олоҕурар.
Орто уопсай үөрэхтээһин үөрэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастыҥ хаачыстыбаларын — киһи-аймах ытык өйдөбүллэрин (духуобунай сыаннастарын) иҥэриммит Россия гражданинын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга туһуланар.
Киһи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар үтүө уонна мөкү, чиэс уонна сиэрэ суох быһыы, суобас уонна чиэһинэйэ суох буолуу, о.д.а. сиэр-майгы нуормалара олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа баҕарар норуокка киһилии сиэрдээх быһыы ытык өйдөбүллэрэ биһирэнэр, кэрэхсэнэр.
2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.
Концепция Россия гражданинын личноһы иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн национальнай ытык өйдөбүлү ыйар. Онно киирэллэр:
1.
Тип материала: | Документ Microsoft Word (doc) |
---|---|
Размер: | 263 Kb |
Количество скачиваний: | 10 |