Конспект урока по якутской литературе

Предмет: Другое
Категория материала: Конспекты
Автор:

Уруок темата: («Кетердер мунньахтара» норуот остуоруйатынан)

Уруок технологията:  мастарыскыай уруок технологиятын туьаныы

Ньымалара: кердееьун (поисковый метод), айар (творческий метод)

Керуцэ:  О5олор беле5унэн олорон улэлииллэр –бодоруьуу керуцэ

Уруок тэрилэ: Экран, компьютернай проектор, о5олор уруьуйдара, биэрэк ойуулаах хартыына, карточкалар, кетердер тустарынан бэлэмнэммит слайд-презентация, 5 кылаас саха литературатын учебнига.

Мастарыскыай уруок  быьаарыыта:

          Мастарыскыай диэн уөрэнээччи бэйэтин билиитин, үөруйэ5ин, сатабылын, сайдыытын оңорон таhаарар дьарыга (уруога).

Мастарыскыай уруок о5ону уhугуннарыыттан са5аланар. О5о уhуктубакка, сонур5аабакка эрэ матырыйаалы интэриэhиргээбэт, оччо5о айымньылаах үлэ тахсыбат.  Уруокка хас биирдии уөрэнээччи дьыаланан дьарыктанар. Бииртэн биир дьайыылары онорор, ардыгар со5ото5ун, ардыгар кими эмэ кытта улэлиир.  Педагогическай мастарыскыай сүрүн уратыта - айар үлэ. Уруок кэмигэр о5ону толкуйдатар  кылгас кээмэйдээх суруйуулар ыытыллаллар, онтон ылбыт билиилэригэр тирэ5ирэн  араас таьымнаах айар улэ5э ылсыахтарын сеп.  Мастарыскыай о5ону бириэмэнэн хаарчахтаабат. Маннык  уруок саха литературата  икки чааьа сыста  (спареннай уруок) турда5ына эрэ  ситимэ быстыбат. Мастарыскыай уруогар үөрэтиллэр матырыйаал ханна ба5арар тиийэн бүтүөн сөп: уруок чиэппэригэр, уруок ортотугар... Ол үөрэнээччи үлэлиир, билиини ылар, айар-тутар тэтимиттэн тутулуктаах. Учуутал ыксаппат, ыкпат. Онон биир тема хас ба5арар чааска тиийэ уhуон сөп. Мин  бу уруогум конспегар  2 чааска уерэтиллэр айымньыны  кердеребун.

Тип материала: Документ Microsoft Word (docx)
Размер: 37.45 Kb
Количество скачиваний: 16
Просмотров: 129

Похожие материалы