Сценарий праздника дня защиты детей (на якутском языке)

Предмет: Музыка
Категория материала: Другие методич. материалы
Автор:

 

«О5о көмүскэлин күнүгэр» аналлаах                                   «Чээчэбил» народнай ансаамбыл иитиллээччилэрин уонна Солнечнайдаа5ы о5о музыкальнай оскуолатын                фольклорнай кылааһын  үөрэнэччилэрин                                  э5эрдэ кэнсиэрин сценарийа.

 

 

 

Место проведения: ЭЭКЦНТ «Чээчэбил».

 

Дата проведения: 1 июня 2014г.

 

Время: 14.00.

 

 

 

1.     Фольклорнай ансамбль (биллэриитэ суох).

 

 

 

К.В.: Үтүө күнүнэн,  күндү о5олоор!

 

К.А.: Самаан сайын салаллан кэлбитинэн ытыктабыллаах биир дойдулаахтарбыт!

 

ИЛН: Бүгүҥҥү дьоро куннэ мустан кэлбит олорооччулары бука барыгытын – О5о көмүскэлин күнүнэн итиитик-истиҥник ис сүрэхпититтэн э5эрдэлиибит! 

 

КВ: Ба5арабыт  эһиэхэ – Сайдам санааны, ыллам ырыаны, дьолу-саргыны!

 

КА: Итинник ба5а санаалары ба5аран туран - О5о көмүскэлин күнүгэр аналлаах «Дьоллоох о5о саас» диэн э5эрдэ кэнсиэрбитин  арыйабыт!

 

ИЛН: Кыттыыны ылыахтара: «Чээчэбил» народнай ансаамбыл иитиллээччилэрэ уонна  фольклорнай кылаас үөрэнэччилэрэ.

 

КВ: Көрүҥ,

 

КА: Истиҥ,

 

ИЛН: Сэргээҥ!

 

Бары: Дуоһуйа сынньаныҥ!

 

 

 

 

 

2.      Кырачаан табачаан,

 

Маӊанчаан табачаан.

 

Сүүрэн-көтөн кылбаӊнаа,

 

Эриэккэстик үӊкүүлээ.

 

Сыана5а дохсун ытыс тыаhынан көрсүӊ, «Чээчэбил» ансаамбыл кыра бөлөҕүн иитиллээччилэрин толорууларыгар  «Орончикан», ырыаны толорор Нурианна Апросимова. 

 

3.  Күнтэн күөх халлан мичээрэр,

 

Күнтэн күөл үрдэ мичээрэр,

 

Күнтэн сир сирэм мичээрэр,

 

Күнтэн сибэкки тэтэрэр.

 

Сыана5а көрсүӊ, Карина Иванова толоруутугар «Дорообо сырдык күн».

 

4. Куну быьа биhиги кими кытта оонньуубут?

 

Куну быhа биhиги  куну кытта оонньуубут!

 

Дохсун ытыс тыаhынан көрсүӊ, «Чээчэбил» орто бөлөҕүн толоруутугар «Кун керсуутэ».

 

5. Ол онно,  ыраах иhиллэр

 

Кэрэ кыыс ырыата.

 

Ол онно,  ыраах чугдаарар

 

Кини  нарын куолаhа.

 

«Аhаткан давлавунил» истиӊ,  Даяна Конникова толоруутугар.

 

6. Мин кэрэ кыысчааным

 

Кылап гына көрөн ылыый,

 

Нарын-намчы үӊкүүгүн

 

Бэлэхтээн ааhаарыый миэхэ5э.

 

Көрсүӊ, Люба Портнягина уонна Даниил Назаренко толорууларыгар «Һунаткаан»

 

7. Сиргэ эйэ күннээтин,

 

Үөрүү-көтүү үксээтин,

 

Күммүт күлэ күөрэйдин,

 

Күндү күөхпүт күөгэйдин.

 

Сыана5а көрсүӊ, Вика Назаренко толоруутугар «Эйэ-дьол ырыата».

 

8.  Ийэкээ, эйиэхэ ыллыыбыт

 

Истиӊтэн – истиӊ ырыаны.

 

Эйиигин олуhун таптыыбыт,

 

Таптыахпыт үйэ – саас тухары.

 

Көрсүӊ, Айта Оконешникова уонна Лилия Николаевна  толорууларыгар «Ийэлэргэ».

 

9. Үӊкүүлүүрү сатыыбын,

 

Үӊкүүлүүрү таптыыбын,

 

Илиилэрим кынаттар,

 

Атахтарым туйахтар.

 

Көрсүӊ, «Чээчэбил» народнай ансаамбыл улахан бөлөҕүн толоруутугар  «Дьөһөгөй үӊкүүтэ». 

 

10. Үрүмэччи, үрүмэччи

 

О5о сааhым до5оро.

 

Көтүӊ миигин эргиччи

 

Алаастары толоро.

 

Дохсун ытыс тыаhынан көрсүӊ,  Кира Конникова толоруутугар «Үрүмэччи» уонна кырачаан үрүмэччилэри.

 

 

 

 

 

 

 

11. Оӊоойугум оhуор ойуулаах,

 

Олус минньигэс отонноох,

 

Отону күөрчэххэ кутуохпут,

 

Ордугунан барыанньа буhарыахпыт.

 

Сыана5а дохсун ытыс тыаhынан көрсүӊ, Люба Портнягина уонна Карина Иванова толорууларыгар «Ыа5ыйалаах үӊкүү».

 

12. Ийэлээх а5ам миэнэ

 

Бастыӊ до5отторум –

 

Сүбэлииллэр, сэрэтэллэр,

 

Үгүскэ үөрэтэллэр.

 

Көрдөөх дьүөгэлэрим,

 

Күндү до5отторум

 

Үөрүүбүн, хомолтобун

 

Тэӊӊэ үллэстэллэр.

 

Дохсун ытыс тыаhынан көрсүӊ, «Чээчэбил» орто бөлөҕүн толоруутугар «Гиркие», ырыаны толорор Карина Васильева.

 

13. Тыйыс тыал чыскыйар,

 

Ча5ылханныы былыттары бысталаан

 

Быралгы, тулаайах кыйдаталыыр.

 

Уу, тым-ныы-тыан!

 

Ирбэт тоӊноох Хотугу дойдум!

 

 Көрсүӊ, «Чээчэбил» народнай ансаамбыл улахан бөлөҕүн. «Туундара» - диэн үӊкүүтүн эhиэхэ бэлэх уунуо5а.  

 

 

 

 

 

 

 

14. Үөрэнэрбит – үчүгэй,

 

Үлэлиирбит – үчүгэй,

 

Үөрүнньэӊмит – үчүгэй,

 

Үӊкүүлүүрбүт – үчүгэй!

 

Сыана5а көрсүӊ, «Чээчэбил» ансаамбыл кыра бөлөҕүн иитиллээччилэрин. «Матрёшки».

 

15.Кыргыылардаах сиэлгинэн

 

Кынталдьыйа оонньуугун,

 

Чөрөгөркөөн кулгааххын

 

Чөрбөлдьүтэ тура5ын.

 

Сыана5а көрсүӊ, Айта Оконешникова толоруутугар «Дьөһөгөйүм о5ото».

 

16. Үрэр тыалга бигэнэр,

 

Үрдүү-намтыы күөгэйэр

 

Үчүгэйкээн сибэкки

 

Үӊкүүлүүрүн үтүктэн,

 

Үөрэ-дьүөрэ үктүөҕүӊ,

 

Үӊкүүлүөҕүӊ, үөрүөҕүӊ!

 

Сыана5а көрсүӊ, Карина Антонова толоруутугар «Сибэккигэ таммахтар».

 

17. Сахам сирин кэскилэ, инникигэ эрэлэ.

 

Сахам Дуолана, Үрүӊ уолана мин буолуо5ум.

 

Көрсүӊ,  «Боотурдар үӊкүүлэрэ».

 

18. Хоту дойдум биэрэгэр

 

Сылаас салгын илгийэр,

 

Хоту дойдум биэрэгэр

 

Дьоллох түгэн тосхойор.

 

«Чээчэбил» народнай ансаамбыл улахан бөлөҕүн толоруутугар  «Теплый северный берег».

 

19. Бу чыычаах ырыалаах,

 

Бу хатыӊ чараӊнаах,

 

Төрөөбүт дойдубут

 

Күн көмүс уйабыт!

 

Ол көӊүл чыычаахтар

 

Оҕолор буолабыт,

 

Ырыаны-үӊкүүнү

 

Олуhун таптыыбыт!

 

Сыана5а дохсун ытыс тыаhынан көрсүҥ, Даяна  Конникова толоруутугар «Маленькая страна» уонна «Чээчэбил» ансаамбыл кыра бөлөҕүн иитиллээччилэрин.

 

20. Күммүт көмүс кыымнарын,

 

Күлүмүрдэс кылларын,

 

Тырыбыныы ол дайан,

 

Тыаhаталлар таарыйан.

 

Көрсүҥ, «Чээчэбил» народнай ансаамбыл орто  бөлөҕүн толоруутугар «Нөльтэк».

 

21. Туундарам барахсан

 

Кэтит иэнэ киэркэйэн.

 

Сибэккилиир отторум

 

Тэтэриhэ тыллаллар.

 

«Туундара» диэн ырыаны бэлэх уунар Карина Васильева уонна «Чээчэбил» ансаамбыл солистката Алина Лабутина.

 

22. Топ-топ тустэ ардах,

 

Онтон куотта бырдах,

 

Лабаа  аайы таммах,

 

Алаас  устун чалбах.

 

Сыана5а көрсүҥ, Кира Конникова уонна Карина Иванова толорууларыгар «Таммах».

 

23. Илиилэртэн сиэттиhэн

 

Хороводтуур үӊкүүнү 

 

Дуораhыта ыллыа5ыӊ,

 

Үөһэ-дайа үӊкүүлүөҕүӊ!

 

ХОРОВНАЙ

 

24. Күндү көрөөччүлэр, эhигини, барыгытын «О5окөмүскэлин күнүнэн» э5эрдэлээн туран   «О5олору харыстаан» диэн ырыаны эhиэхэ бэлэх уунабын.

 

25. Флэш-моп.

 

1, 2,

 

1, 2!

 

Сүүрэн-көтөн чэгиэнник,

 

Улаатыахпыт түргэнник.

 

Тулуурдаах, дьулуурдаах,

 

Олоххо дьиҥ бэлэмнээх,

 

О5о-аймах дэтиэхпит.

 

Ийэ сиргэ эрэллээх

 

Үлэһиттэр үүнүөхпүт!

 

БУТУУТЭ:

 

КА: Ойор-тэбэр о5о саас,

 

Омун-төлөн о5о саас,

 

Мэник-тэник санаалаах

 

Дьиктилээхэй о5о саас.

 

О5о, улдьаа саастаргыт,

 

Күлэн-оонньоон аастыннар,

 

Умнубакка ахтаарыӊ,

 

Саныы, өйдүү сылдьаарыӊ!

 

ИЛН: Манан «Дьоллоох о5о саас» диэн э5эрдэ кэнсиэрбитин тумуктуубут. Бугун манна кэлэн о5олоргут талааннарын көрөн, сэргэхсийэн барбыккыт буолуо диэн эрэнэбит уонна МАХТАНАБЫТ.

 

КВ: Уруй туску урдээтин

 

Саргы – дьаалы салалыннын,

 

Үөрүү – көтүү  үксээтин

 

Ырыа  - тойук дьиэрэйдин!

 

- Диэн алгыс тылбыт бастынын эрэ эьиэхэ бар5а махтал тылларынан уруйдуубут-айхаллыыбыт!

 

БАРЫ: Аныгыс керсуеххэ дылы!

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Тип материала: Документ Microsoft Word (docx)
Размер: 23.29 Kb
Количество скачиваний: 35
Просмотров: 182

Похожие материалы