Рабочая программа по якутскому языку 7класс
Предмет: | Другое |
---|---|
Категория материала: | Конспекты |
Автор: |
Гоголева Анджела Васильевна
|
Быһаарыы сурук
Оскуола5а саха тылын үөрэтии государственнай суолталаах икки докумуоҥҥа оло5урар:
1.1992 сыллаахха муус устар 4 күнүгэр ылыллыбыт Саха Республикатын Конституциятын «Саха Республикатын государственнай тылларынан саха уонна нуучча тыллара буолаллар» диэн 46-с ыстатыйатыгар.
2.Саха Республикатын Правительствота 1991 сыллаа5ы ыам ыйын 23 күнүгэр бигэргэппит «Саха Республикатын национальнай оскуолаларын саҥардан сайыннарыы концепцията».
Оскуолаҕа төрөөбут тылы үөрэтии предметэ – саха литературнай тыла. Литературнай тыл хайа да омукка тыл сайдыытын саамай үрдүк көстүүтэ. Литературнай тыл диэн норуот бүттүүн билэр, харыстанар бигэ нуормалаах, араңаламмыт араас истииллээх, тыл талыллыбыт, нарыламмыт, чочуллубут көрүңэ буолар.
О5о төрөөбүт тыла үөрэ5и-билиини кэбэ5эстик ылынар, өйө-санаата тобуллар, майгыта-сигилитэ олохсуйар, айар-тутар дьо5ура сайдар айыл5аттан айыллыбыт эйгэтэ буолар.
Норуот олорбут оло5о, тыына-дьыл5ата тылыгар сөҥөн сылдьар. О5о төрүө5үттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэ5инэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбүт тылын, бэйэтин омугун ытыктыыр-харыстыыр киһи буолар. Ийэ тыллаах киһи атын омук дьонун кытта тэҥнээ5ин билинэн, дьин интернациональнай тыыҥҥа иитиллэр.
Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буолла5ына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, бар5арар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот баайа, кэлэр кэскилэ, тыынар салгына.
Саха тыла – саха оскуолатыгар үөрэх тыла, билии-көрүү төрдө буолар. Үөрэнээччи тыл үөрэ5ин туһунан сүрүн өйдөбүлэ, ситимнээн саҥарар үөрүйэ5э, ырытар-толкуйдуур, оҥорон көрөр дьо5ура маҥнай төрөөбүт тыл уруогар олохсуйар. Билиитэ-көрүүтэ кэҥээн истэ5ин ахсын тылын саппааһа байар.
Ийэ тылын үчүгэйдик билэр о5о ол өйдөбүлүгэр, сатабылыгар, үөрүйэ5эр тирэ5ирэн, нуучча, омук тылларын эмиэ түргэнник үөрэтэр. Хас да тылы билэр киһи информацияны ылар, туһанар кыа5а улам улаатан иһэр.
Саха тылыгар уерэтии программата орто оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччигэ ирдэбилэ:
1.Үөрэнээччи улэҕэ-хамнаска, дьыалаҕа-куолуга, общественнай олоххо төрөөбут тылынан хомоҕойдук кэпсэтэр, санаатын сааһылаан этэр, суруйар.
2.Саха тылын үөрэҕин, тыл культуратын туһунан өйдөбүлү ылар, литературнай нуорманы билэр, төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналыыр, сатаан туһанар.
3. Ийэ тылын баайынан, кэрэтинэн киэн туттар, төрөөбүт тыла сайдарын туһугар туруулаһар, кэлэр келүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин өйдүүр.
Саха тылын үөрэтии ис хоһооно:
•Лексиканы үөрэтии саха омук тылын бар5а баайын арыйан, тылы араас эйгэ5э, араас сыалга-сорукка сатаан туттар кыаҕы биэрэр.
•Фонетика салаата саха тылын дорђоонун ураты айылгытын көрдөрөн, саха тылын үйэлээх үгэстэрин харыстыырга олук охсор.
•Морфология араас сана чааһа үөскүүр уонна уларыйар халыыбын үөрэтэн, тыл литературнай нуорматын арааран билэргэ уонна тутуһарга үөрэтэр.
•Синтаксис сахалыы этии эгэлгэ арааһын билиһиннэрэн, үөрэнээччи саныыр санаатын толору этэригэр, ситимнээх саңата сайдарыгар төрүт буолар.
•Таба суруйуу уонна сурук бэлиэтин быраабылата сахалыы сурук тыла халбаңнаабат биир бигэ көрүңнээх, тургэнник өйдөнөр буоларын хааччыйар.
•Тыл культурата, стилистика уонна функциональнай истиил өйдөбүллэрэ үөрэнээччи санарар саната ыраас, хомоҕой, этигэн, үрдүк культуралаах буоларыгар көмөлөһөр.
Тип материала: | Документ Microsoft Word (docx) |
---|---|
Размер: | 59.87 Kb |
Количество скачиваний: | 50 |